Kishore Kumar Hits

KitJah - Айдам-Cайдам текст песни

Исполнитель: KitJah

альбом: Айдам-Cайдам


Айгырастаах силиктээх аал луук мас
аан алахчын ыйыгар биир бии ус талагыгар
Сана сэбирдэх уескэтэр тылыннарар
оол кунтэн ылаата олохпун одун хаан айбыта
Сомолоон маган куннээх
куех халлаан анныгар
окко туспут оноьуу
сииккэ туспут сэрэбэйиэм
бэйэгэр эбинэн эрдэгин миигин туох кэтэьэрээй
Иэйэхсит эдьээн ийэ хотун утуе кыына
Баар дьоммун барыларын угэн этэбин арыаллаа
илин халлаан агата урун айыы аар тойонуом
ыраах чугас аймахтарбын кердеьен эрэбин аарчылаан
Аал уокка араастака сэьээм огонньор
арба арбах сэргэн анныгар туойдун
тойук олонхо оьуохай чохчоохой дьиэрэнкэй
дэлэйдин дьол илгэ ее е ее еее
Аайдам сайдам
Аайдам сайдам
дьиэ уот туттан
айнаархай хаан аймах
унаар буруота уостума умуллума
ханна да буоллун умнума
бэйэн мутуккун кэрдимэ
аалгаарка тэтэрикээн
аан дойдубут киэн да киэн
ханна баарын мин да мин
биирдэ эрэ кэлбитин
саха буолан тереебутум
бэйэм тылбын билээрибин
итэгэлбин ейеерубун
ебугэбин ейдеерубун
Санаабын санаа санаа5арбат
ынаардьар ый харана
дьэ мин суолбар тыктардын
имбалай мин тулабар муналабатын
аартык биэрдин
иннигэр эрэлин эрэ баар
илиигэр сурэгин истинник уерэригэр
олох бэйэтэ уерэтэр
остуо тэлбэн туерэтэр
Иэйэхсит эдьээн ийэ хотун утуе кыына
Баар дьоммун барыларын угэн этэбин арыаллаа
илин халлаан агата урун айыы аар тойонуом
ыраах чугас аймахтарбын кердеьен эрэбин аарчылаан
Аал уокка араастака сэьээм огонньор
арба арбах сэргэн анныгар туойдун
тойук олонхо оьуохай
чохчоохой дьиэрэнкэй
дэлэйдин дьол илгэ ее е ее еее

Поcмотреть все песни артиста

Другие альбомы исполнителя

Похожие исполнители

Uraan

Исполнитель